LIMSwiki
Иһинээҕитэ
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1980 1981 1982 1983 — 1984 — 1985 1986 1987 1988 |
Уоннуу сыллар |
1950-с 1960-с 1970-с — 1980-с — 1990-с 2000-с 2010-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1984 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 1 — Бруней Улуу Британияттан тутулуга суох буолбут.
- Тохсунньу 3 — РСФСР Миниистирдэрин Сэбиэтин уурааҕынан Өлүөхүмэ заповеднига тэриллибит.
- Тохсунньу 22 — графическай алтыһааннаах (интерфейстээх) уонна "кутуйахтаах" аан дойдуга бастакы киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт Apple Macintosh көмпүүтэр эрэкилээмэтэ тэлэбиисэргэ тахсыбыт.
- Тохсунньу 24 — Бастакы Apple Macintosh персональнай көмпүүтэр атыыга тахсыбыт.
Олунньу
- Олунньу 7 — Америка астронааба Брюс Маккэндлесс бастакынан аһаҕас космоска скафандрдаах эрэ босхо көппүт.
- Олунньу 8 — Эбэлээххэ Анаабыр сиригэр бастакы алмаас хостоммут.
- Олунньу 13 — ССКП КК Генеральнай сэкиритээринэн Константин Черненко талыллыбыт. Кини бу солоҕо биир сыл кэриҥэ 1985 сыл кулун тутар 10 күнүгэр диэри олорбута.
Муус устар
- Муус устар 27 — Ирбэт тоҥу чинчийэр Институт дириэктэригэр Павел Мельниковка (19.06.1908—21.07.1994) Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
- Муус устар 28 — ССРС Үрдүкү сэбиэтин ыйааҕынан Саха судаарыстыбаннай университета Норуоттар доҕордоһууларын уордьанынан наҕараадаламмыт.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 11 — Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх худуоһунньук Иннокентий Потапов (1932-2005) Ойуунускай аатынан бириэмиэйэ лауреата буолбут.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 3 — Амритсарга баар сикхтар Көмүс храмнарын аттыгар Ииндийэ бырабыыталыстыбата «Күөх сулус» диэн ааттаах байыаннай эпэрээһийэ саҕалаабыт.
- Бэс ыйын 5 — Ииндийэ премьер-миниистирэ Индира Ганди бирикээһинэн аармыйа Көмүс храамы сэриилээн ылыыны саҕалаабыт, бу сикхтэр саамай ытык сирдэрэ. Ол түмүгэр 5000 кэриҥэ киһи өлбүт.
- Бэс ыйын 29 — «Якутуглестрой» кэмбинээт биригэдьииригэр Михаил Михеевкэ Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
От ыйа
- От ыйын 25 — Космонавт Светлана Савицкая дьахталлартан бастакынан аһаҕас космоска тахсыбыт.
- От ыйын 28 — Лос-Анжелеска (АХШ) 23-с сайыҥҥы олимпийскай оонньуу саҕаламмыт. Сэбиэскэй Сойуус бойкуот биллэрэн бэйэтин уонна социалистыы дойдулар спортсменнарын күрэхтэһиигэ ыыппатаҕа.
- От ыйын 30 — NBC канаалга «Санта-Барбара» сериал көстүүтэ саҕаламмыт.
Алтынньы
- Алтынньы 23 — ЦК КПСС пленума Сибиир өрүстэрин соҕуруу көһөрөр бырагырааманы ылыммыт. Бу бырайыагынан ССРС-ка 20 сыл тухары уопсайа 160 тэрилтэ үлэлээбит эбит. Сүрүннээн Арҕаа Сибиир өрүстэрин Обь уонна Иртыш ууларын Казахстааҥҥа, Орто Азияҕа, ону кытары Араал байҕалыгар ыытыллыахтаах эбит. Ол эрээри перестройка кэмигэр бу былаан экологияҕа улахан хоромньуну оҥоруохтааҕын туһунан прессаҕа улахан айдаан тахсыбыт. Инньэ гынан 1986 сыллаахха Сибиир өрүстэрин соҕуруу көһөрөртөн аккаастаммыттара.
- Алтынньы 27 — БАМ үлэҕэ киирбит.
Ахсынньы
- Ахсынньы 3 — Бхопал алдьархайа: Ииндийэҕэ Бхопал куоратыгар Union Carbide хампаанньа пестицид оҥорор собуотуттан метилизоцианат тохтуутун түмүгэр 3800-тан тахса киһи өлбүт уонна 150 000–600 000 киһи эмсэҕэлээбит (кинилэртэн 6000-та кэлин эчэйииттэн өлбүттэр). Бу түбэлтэ аан дойду устуоруйатыгар саамай ыарахан техногеннай саахаллартан биирдэстэрэ буолар.
- Ахсынньы 10 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Пытка утары конвенцияны билиммит.
- Ахсынньы 19 — Гонконг куоратын Британияттан Кытайга 1997 сыллаахха төннөрөр туһунан декларация ылыллыбыт. Гонконг Кытай састаабыгар киирбитин кэннэ 50 сыл тухары "биир дойду, икки систиэмэ" диэн идиэйэ тутуһуллуохтааҕа этиллибит.
Төрөөбүттэр
- Тохсунньу 8 — Ким Чен Ын — Хотугу Кэриэйэ салайааччыта (2011 сылтан ыла).
- Ыам ыйын 14 — Марк Цукерберг, программист, Facebook түмэт-ситими олохтообут уонна бас билэр киһи.
Өлбүттэр
- Попов Василий Николаевич (1909 - 1984), олоҥхоһут, ырыаһыт.
- Олунньу 22 — Дмитрий Петрович Коркин (05.09.1928—22.02.1984) — Саха Сиригэр тустуу сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит киһи
- Муус устар 26 — Цытович Николай Александрович, учуонай, геомеханик, инженер геолог, ССРС НА чилиэнэ-корреспондена. 1947 — 1953 сыллардаахха ССРС НА Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.