LIMSpec Wiki

Сигэни уларыт
Сыллар
1961 1962 1963 196419651966 1967 1968 1969
Уоннуу сыллар
1930-с 1940-с 1950-с1960-с1970-с 1980-с 1990-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1965 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

  • Тохсунньу 12 — 1963 сыллааҕы Саха АССР оройуоннарын административнай реформата көтүрүллүбүт. Тыа сирин уонна промышленнай оройуоннар "көннөрү" оройуоннар буолбуттар уонна бытарытыллыбыттар: Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Мэҥэ-Хаҥалас, Мирнэй, Нам, Сунтаар, Уус-Алдан уонна Чурапчы оройуоннара сөргүтүллүбүттэр. Заречнай уонна Орто Өлүөнэ оройуоннара суох буолбуттар. Бу күн Мирнэй оройуонун тэриллибит күнүнэн ааҕыллар.
  • Тохсунньу 26Ииндийэ официальнай тылынан хинди буолбут. Бу түгэҥҥэ ааҥыл тылыттан аккаастанаары гыммыттарын хиндини билбэт Ииндийэ кыра омуктара туруорсан хаалларбыттар.
  • Тохсунньу 27Таатта оройуона 5 сыл Чурапчыны кытта биир Алексеевскай оройуон буола сылдьан баран хат араарыллыбыт, аата Алексеевскай оройуон диэҥҥэ уларыйбыт. Кэлин 1990 сыл атырдьах ыйын 6 күнүттэн урукку бэйэтин аата сөргүтүллэн Таатта оройуона буолбута.

Олунньу

Кулун тутар

  • Кулун тутар 8 — Дьахтар күнэ Сэбиэскэй Сойууска өрөбүл күнүнэн биллэриллибит.
  • Кулун тутар 18 — Сэбиэскэй космонавт Алексей Леонов дьонтон аан бастакынан аһаҕас космоска тахсыбыт.
  • Кулун тутар 31Камчааткаҕа ССРС-ка бастакы геотермальнай электростанция үлэтин саҕалаабыт — Паужетскай экспериментальнай геотермальнай электростанция.

Ыам ыйа

  • Ыам ыйын 12 — ыам ыйын 9 күнүгэр Байконууртан көппүт сэбиэскэй «Луна-5» аппараат Ыйга этэҥҥэ тиийбит эрээри (икки сыл тухары хараабыллар саахалланан Ыйга сатаан тиийбэтэхтэрэ), мотуора эстибэккэ хаалан сымнаҕастык түспэккэ Ый ньууругар Коперник кратерын аттыгар хампы түспүт.

Бэс ыйа

Алтынньы

Сэтинньи

Ахсынньы

  • Ахсынньы 5 — Москубаҕа Пушкин болуоссатыгар кэлин Гласность миитинэ диэн ааттаммыт тэрээһин буолбут — сэбиэскэй диссиденнэр бастакы аһаҕас тэрээһиннэрэ. Кинилэр соторутааҕыта хаайыллыбыт Андрей Синявскай уонна Юлий Даниэль сууттара аһаҕас буоларын модьуйбуттар, "Сэбиэскэй конституцияны ытыктааҥ!" диэн былакаат туппуттар (бу күн ССРС-ка Конституция күнэ бэлиэтэнэр этэ). 200-чэ киһи кыттыбыт. Аҕыйах мүнүүтэ буолан баран КГБ миитини ыспыт, уонча киһини туппуттар, ол эрээри хаайбатахтар, кэпсэтэн баран ыыталаабыттар.
  • Ахсынньы 7 — Католиктар сыаркаптарын баһылыга Папа Павел VI уонна Аан дойдутааҕы Константинополь православнай сыаркабын баһылыга Патриарх Афинагор I 1054 сыллааҕы сыаркаптар бэйэ-бэйэлэрин туоратыыларын тохтоппуттар. Бу түбэлтэ Ватикан православнай сыаркаптары кытта тупсууга дьулуһуутун көрдөрбүтэ, ол эрээри, сорох сыаркаптар баһылыктара маны сөбүлээбэтэхтэрэ, холобур Нуучча кыраныысса таһынааҕы православнай сыаркабын быһылыга митрополит Филарет православиены хайытыыга тиэрдиэн сөбүттэн дьиксинэн, аһаҕастык утарбыта.
  • Ахсынньы 10 - ССРС миниистирдэрин сэбиэтэ доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин күнүн бэс ыйын үһүс баскыһыанньатыгар бэлиэтииргэ уураахтаахтаабыт.
  • Ахсынньы 21ХНТ Генеральнай ассамблеята Раасанан дискриминация бары көрүҥүн суох гынар туһунан дойдулар ардыларынааҕы декларацияны ылыммыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр