LabLynx Wiki

Сигэни уларыт

Алтынньы 30 диэн Григориан халандаарыгар сыл 304-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 305-c күнэ). Сыл бүтүө 61 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Арассыыйа Арассыыйа — Бэлиитикэ репрессияларыттан эмсэҕэлээбиттэри кэриэстиир күн. Бу күнү ССРС урукку өрөспүүбүлүкэлэригэр эмиэ бэлиэтииллэр
  • Арассыыйа Арассыыйа — Инженер-механик күнэ
  • Ииндийэ Ииндийэ — Тевар Джаянти. Пасумпон Мутурамалинга Тевар диэн уопсастыбаннай диэйэтэл төрөөбүт күнүн (1908-1963) тевардарбыт диэн ааттанар, Тамил Наду диэн Ииндийэ соҕуруу өттүгэр баар сиртэн төрүттээх дьон бэлиэтииллэр. Официальнай бырааһынньык буолбатах эрээри, сорох оскуолалар, тэрилтэлэр өрүүллэр
  • Ирландия Ирландия, Канаада Канаада, Улуу Британия Улуу Британия, АХШ АХШ уо.д.а. — Мэник түүнэ (ааҥл. Mischief Night), бу түүн обургу оҕолор эгэлгэ дьээбэни-хообону оҥороллор

Түбэлтэлэр

  • 1696 — Байаар Дуумата Бүөтүр I көҕүлээһининэн Арассыыйаҕа сэбилэниилээх байыаннай флоту тэрийэр туһунан быһаарбыт.
  • 1896 — Иркутскайдааҕы генерал-губернатор Александр Горемыкин уонна урбаанньыт Николай Глотов Өлүөнэ өрүһүгэр борокуоттары сырытыннарар туһунан бастакы самалык дуогабарга илии баттаабыттар. Бу сөбүлэһии быһыытынан 1897 сыллааҕы навигацияҕа Уус Куттан Саха сиригэр таһаҕас уонна дьон таһыытыгар хааһынаттан төлөбүр 50 737 солк. 50 харч. тахсыа суохтаах эбит.
  • 1905 — Арассыыйа ыраахтааҕыта Николай II «Алтынньы 17 Манифеһыгар» илии баттаабыт. Арассыыйа омуктарыгар сүрүн гражданскай көҥүллэр бэриллибиттэрэ, дуума көҥүллэммитэ.
  • 1938АХШ-га Герберт Уэльс «Аан дойдулар сэриилэрэ» диэн фантастика романын араадьыйаҕа ааҕыыта буолбут. Ааҕыыны дьиҥнээх репортаж курдук истииллээн оҥорбуттарыгар сорох истээччилэр итэҕэйбиттэр, паника тахсыбыт.
  • 1941Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Делано Рузвельт ленд-лиз быһыытынан кыттыгастыы дойдуларга 1 миллиард дуоллардаах көмө оҥорорго дьаһайбыт.
  • 1961 — Аан дойду устуоруйатыгар саамай сүүнэ кыахтаах бомбаны ССРС дэлби тэптэрбит. 58-мегатонналаах водороднай бомба («Царь-бомба») Саҥа Сир арыытыгар дэлби тэптэриллибит. Санаттахха ол арыыга уруккуттан олохтоох дьураак (ненец) омуктары күүс өттүнэн көһөрөн кэбиспиттэрэ, билигин да төннө сатыыллар.
  • 1973Туурсуйаҕа Истанбул куоратыгар бастакы Босфор күргэтин тутуута түмүктэммит. Күргэ систэрин арыта 1074 миэтэрэ.
  • 1989Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин уурааҕынан Бүлүү улууһугар Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн арахсан Лөкөчөөн нэһилиэгэ тэриллибит.
  • 1995Канаадаҕа Квебек провинциятыгар тутулуга суох буолуу туһунан иккис референдум ааспыт. Куоластааччы 50,58% Канаада састаабыгар хаалар диэки буолбут, 49,42% туспа барабыт диэбиттэр, онон Квебек Канаадаҕа хаалбыт.
  • 2006 — «Тулун — Братскай — Уус-Кут — Дьокуускай» массыына суола федерация бас билиитигэр бэриллэрин туһунан Госдуума дьокутаата Виталий Шуба Братскай куоракка биллэрбит. Бу быһаарыныы Саха Өрөспүүбүлүкэтэ «Алроса» акцияларын бакыатын федерация бас билиитигэр биэрбитин түмүгэр, дохуота аҕыйаан өрөспүүбүлүкэ бу суолу кыайан үбүлээбэт буолбутуттан сиэттэрэн ылыныллынна, — диэбит Виталий Шуба.
  • 2014Швеция Палестинаны туспа судаарыстыба быһыытынан билиммит бастакы Европа Сойууһун чилиэнэ буолбут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр