HL7 Wiki
Иһинээҕитэ
Гале́н (был.-гириэк. Γαληνός; 129 эбэтэр 131 сыл — 200 эбэтэр 217 сыл, баҕар 215 сыл буолуо) — гириэк төрүттээх Былыргы Риим учуонайа, бырааһа, уонна бөлөһүөгэ[1].
Кыра Азияҕа (билигин Туурсуйа сиригэр баар) Пергам куоракка баай архитектор дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Бэйэтин кэмигэр уһулуччу үчүгэй үөрэхтэммит, элбэхтик айаннаан, элбэх эмтиир ньымалары баһылаабыт. Риим куоракка олохсуйбут, патрицийдары эмтииринэн дьарыктаммыт уонна кэлин Риим хас да императорын бырааһа буолбут.
Быһаарыылар
- ↑ «Life, death, and entertainment in the Roman Empire». David Stone Potter, D. J. Mattingly (1999). University of Michigan Press. p.63. ISBN 0-472-08568-9