The US FDA’s proposed rule on laboratory-developed tests: Impacts on clinical laboratory testing

Сигэни уларыт
Сыллар
1968 1969 1970 197119721973 1974 1975 1976
Уоннуу сыллар
1940-с 1950-с 1960-с1970-с1980-с 1990-с 2000-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1972 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

Олунньу

Муус устар

Ыам ыйа

  • Ыам ыйын 4 — 1971 сыллаахха Канаадаҕа олохтоммут «Долгуну көтөҕүмэ» экология кэмитиэтэ аатын «Гринпис пуондата» диэҥҥэ уларыппыт.
  • Ыам ыйын 14Литваҕа Каунас куоракка Роман Каланта диэн эдэр киһи дойдутун оккупациялааһыны утаран бэйэтин уматыммыт.
  • Ыам ыйын 15 — Москубаҕа аан бастаан Николай Якутскай "Көмүстээх үрүйэ" сэһэнинэн уһуллубут "Тайна предков" уус-уран киинэ көстүбүт. Сценарийын 1966 сыллаахха Лев Габышев суруйбута, онтун Таджикфильмҥа үлэлиир артыыска уонна режиссерга Марат Арыповка көрдөрбүтэ, киинэни устуу үлэтэ 1969 сыллаахтан саҕаламмыта. Сүрүн оруоллары саха артыыстара оонньообуттара.
  • Ыам ыйын 15Рюкю арыылара Японияҕа төннөрүллүбүттэр, 1945 сыллаахха АХШ ылбыта.
  • Ыам ыйын 22Ричард Никсон Москубаҕа тиийбит. ССРС-ка сылдьыбыт АХШ иккис бэрэсидьиэнэ буолбут.
  • Ыам ыйын 26ССРС уонна АХШ баллистическай ракетаттан хаххалыыр сэрии сэбин (ПРО) хааччахтыыр туһунан дуогабар түһэрсэллэр.

Бэс ыйа

  • Бэс ыйын 4 — Бэйиэт Иосиф Бродскай ССРС-тан эмиграциялыырга күһэллибит. АХШ-ка тиийэн ааҥыл тылын баһылаабыта, университеттарга нуучча литэрэтиирэтин кууруһун сүүрбэттэн тахса сыл аахпыта, ааҥыллыы суруйбут эсселара хоһооннорунааҕар кырата суохтук аан дойдуга биллибиттэрэ, литэрэтиирэ бириэмийэтигэр тиксибиттэрэ. Ааҥыллыы суруйбут хоһоонноро уонна хоһооннорун тылбааһа "ааҥыл просодиятын кэҥэттилэр, маны соҕотох киһи оҥорбута суох, холобур Набоков сатаабатаҕа" диэн кириитиктэр билинэллэр. 1987 сыллаахха литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтин ылбыта. 1996 сыллахха 56 сааһыгар сүрэҕинэн өлбүтэ.
  • Бэс ыйын 20ССКП КК уонна ССРС Миниистирдэрин сэбиэтэ "Ыччат бүттүүнэ орто үөрэхтэниитигэр көһүү түмүктэниитин уонна орто оскуола салгыы сайдыытын туһунан" уураах таһаарбыттар («О завершении перехода ко всеобщему среднему образованию молодёжи и дальнейшем развитии общеобразовательной школы»). Булгуччулаах орто үөрэххэ көһүүгэ уонна оскуоланы бары өттүнэн хааччыйыыга олук буолбут докумуон.

От ыйа

Атырдьах ыйа

Сэтинньи

Ахсынньы

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр