The US FDA’s proposed rule on laboratory-developed tests: Impacts on clinical laboratory testing
Иһинээҕитэ
Тас көрүҥэ
От ыйын 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 209-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 210-c күнэ). Сыл бүтүө 156 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Аан дойдуга Гепатиты утары охсуһуу күнэ
- Арассыыйа — Пиарщик күнэ. Арассыыйаҕа бу идэ 2003 сыллаахха идэлэр испииһэктэригэр киирбитэ.
- Канаада — Улуу аймаһыйыыны ахтар күн. 1755–1764 сс. Британия сэриилэрэ Акадияҕа XVII-XVIII үйэлэргэ көһөн кэлэн олохсуйбут 14 тыһыынча кэриҥэ францууһу күүстэринэн бастаан билиҥҥи АХШ сирдэригэр, онтон сорохторун Британияҕа уонна Францияҕа көһөрбүттэрэ. Ол содулуттан тыһыынчанан киһи өлбүтэ. Акадия диэн билиҥҥи Канаада Саҥа Шотландията, Нью-Брансуик, Принц Эдуард арыыта уонна Хотугу Мэн.
- Перу — Тутулуга суох буолуу күнэ (Испанияттан, 1821)
- Сан-Марино — Фашизмы кыайыы күнэ
- Украина — Русь сүрэхтэммит күнэ[1]
- Фарер арыылара — дойдуга киэҥник бэлиэтэнэр хас да күннээх Олавсока (Олаф күнэ) диэн сайыҥҥы бэстибээл бу киэһэ саҕаланар. Норвегия хоруола Олаф II Харальдссон от ыйын 29 күнүгэр 1030 сыллаахха кыргыһыыга охтубут эбит, кэлин Сибэтиэй Олаф диэн аатынан биллибитэ
Түбэлтэлэр
- 1540 — Англия хоруола Генрих VIII бэһистээн ойохтоммут, уонна ол күн бэйэтин бастыҥ көмөлөһөөччүтүн Томас Кромвель диэн канцлеры таҥнарыыга күтүрээн баһын быстарбыт. Кромвель Англияны сайыннарбыт уһулуччулаах ил дьайыксыта этэ, кэлин хоруол бу киһитин аһыйбыта, алҕас өлөттөрбүтүн билиммитэ.
- 1656 — Иккис Хотугу сэрии: Варшава иһин кыргыһыы саҕаламмыт.
- 1697 — Дьокуускайга төрөөбүт хаһаак пятидесятнига Владимир Атласов эспэдииссийэтэ Камчаатка үрэх төрдүгэр түспүт. Камчаатка тумул арыытын Арассыыйаҕа холбооһун саҕаламмыт.
- 1728 — Дьокуускайга Ыспаас манастыырын архимандрита Феофан таас таҥара дьиэтин үлэҕэ киллэрбит.
- 1794 — Француз өрөбөлүүссүйэтэ: Максимилиан Робеспьер уонна Луи Антуан де Сен-Жюст гильотинаҕа өлбүттэр.
- 1808 — Махмуд II Осмаан импиэрийэтин султаана уонна ислаам халииба буолбут.
- 1914 — Аан дойду бастакы сэриитэ саҕаламмыт (1918 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр түмүктэммитэ) — киһи-аймах устуоруйатыгар уһулуччу бөдөҥ сэбилэниилээх утары турсуулартан биирдэстэрэ.
- 1942 — Аҕа дойду улуу сэриитигэр улахан чугуйуу кэмигэр Иосиф Сталин 227 нүөмэрдээх бирикээс таһаарбыт - "Биир да хардыы чугуйума!".
- 1957 — Москубаҕа VI Дойдулар ыккардыларынааҕы ыччат уонна устудьуоннар фестиваллара саҕаламмыт. Манна 131 дойдуттан 34 тыһыынча киһи кэлбит. Фестиваль сабыллыытыгар толоруллубут "Подмосковные вечера" диэн ырыа Сэбиэскэй Сойуус аан дойдуга киэҥник биллибитэ.
- 1973 — АХШ-ка Нью-Йорк таһыгар Гиннесс рекордугар киирбит саамай улахан Уоткинс-Гленнээҕи Саммэр Дьэм (Summer Jam at Watkins Glen) рок-фестиваль буолбут. Манна 600 000 кэриҥэ рок-фанат кэнсиэр көрө кэлбит.
- 1976 — Таншань куоракка (КНР) XX үйэҕэ саамай элбэх киһи өлүүлээх сир хамсааһына буолбут.
- 1984 — Лос-Анжелеска (АХШ) 23-с сайыҥҥы олимпийскай оонньуу саҕаламмыт. Сэбиэскэй Сойуус бойкуот биллэрэн бэйэтин уонна социалистыы дойдулар спортсменнарын күрэхтэһиигэ ыыппатаҕа.
- 1988 — ССРС-ка миитиннэри, демонстрациялары, хаамыылары ким баҕарар тэрийэрэ көҥүллэммит.
- 1994 — Молдоваҕа конституция ылыныллыбыт.
- 2005 — Хотугу Ирландияҕа Ирландия Өрөспүүбүлүкэтин Аармыйата Британия былааһын утары 30 сыллаах охсуһуутун тохтоторун туһунан ыҥырыы таһаарбыт.
Төрөөбүттэр
- 1895 — Семен Донской-Иккис (1938 өлб.) — саха судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, үөрэҕирии уонна доруобуйа харыстабылын бастакы наркома, сахалыы бастакы учебниктар ааптардара.
Өлбүттэр
- 1750 — Йоhанн Себастиан Бах — Германия композитора уонна органиhа.
- 1938 — Максим Аммосов — сэбиэскэй судаарыстыба уонна баартыйа диэйэтэлэ. Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ буоларыгар сүҥкэн оруоллаах. Биэс сыл Казахстааҥҥа үлэлээбитэ, өлүөн иннинэ Кыргыстааны салайбыта.
- 2018 — Николай Чиряев — Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия дириэктэрэ, философия билимин кандидата, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
- 2018 — Егор Старостин - Байаҕантай — теплофизик, геокриолог учуонай, техническэй билим дуоктара, Хоту дойду физикаҕа-техникаҕа кыһалҕаларын үнүстүүтүн дириэктэрэ, бэйиэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
|