The US FDA’s proposed rule on laboratory-developed tests: Impacts on clinical laboratory testing

Сигэни уларыт

От ыйын 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 182-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 183-c күнэ). Сыл бүтүө 183 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха ӨрөспүүбүлүкэтэОлохтоох бэчээт күнэ. 1907 сыллаахха бэчээттэммит "От ыйын 1 күнэ" диэн бастаах билиҥҥи чинчийээччилэр "Сахатытыы манифеһа"[1] диэн ааттыыр ыстатыйаларыттан силис тардар (билиҥҥи ааҕыынан 1907 сыл от ыйын 14 күнүгэр тахсыбыт).
  • Арассыыйа Арассыыйа — Реставратор күнэ [2] [3] [4]

Түбэлтэлэр

  • 1569Люблиннааҕы уния: Польша хоруоллуга уонна Литва улуу княжествота уния түһэрсэн холбоспуттар; дойду аата Речь Посполита диэн ааттаммыт.
  • 1770 — Лексель кометата Сиргэ чугаһаан, Ыйдааҕар 6 эрэ төгүл ыраахха кэлбит (2,180,000 км). Комета комата (иитэ, саҕата) халлааҥҥа Ыйдааҕар 4 төгүл улахан буолан көстүбүт.
  • 1862Арассыыйа судаарыстыбатын бибилэтиэкэтэ олохтоммут, ол саҕана Москубатааҕы публика түмэлин бибилэтиэкэтин быһыытынан.
  • 1867 — Британия Хотугу Америкатын туһунан сокуон олоххо киирбит, Канаада провинция, Нью-Брансуик уонна Саҥа Шотландия конфедерация буолбуттар, билигин баар Канаада үөскээбит. Бу күн Канаада күнүн быһыытанан сыл ахсын бэлиэтэнэр.
  • 1874 — Шоулз уонна Глидден бэчээттиир масыыҥкалара атыыга тахсыбыт, бу бастакы урбаан өттүнэн ситиһиилээх масыыҥка этэ.
  • 1899 — Аан дойду гостиницаларыгар Библияны босхо тарҕатар «Гидеон» диэн тэрилтэ үөскээбит.
  • 1903 — Бастакы Tour de France («Франция бэлисипиэт туура») саҕаламмыт. Бу аан дойдуга саамай ааттаах-суоллаах бэлисипиэт күрэһэ буолар.
  • 1907 (уруккуннан бэс ыйын 18) — Николай Афанасьев диэн саха учууталын аатыгар нууччалыы уонна сахалыы тахсар «Якутский край» — «Саха дойдута» хаһыакка көҥүл бэриллибит. Бу хаһыат Саха сирин аан бастакы легальнай демокрааттыы хаһыата этэ. Бастакы нүөмэрэ от ыйын 14 күнүгэр (уруккунан 1 күнүгэр) тахсыбыта. Сүрүн таһаарааччылар Афанасьев, көскө сылдьар болдьоҕо түмүктэммит эсер Михаил Сабунаев уонна гимназия учуутала В.В. Жаров этилэр. Бастакы эрэдээктэринэн Бүлүүттэн төрүттээх Семен Корякин буолбута. Хаһыаты бэчээттиир массыынаны атыылаһарга үбү атыыһыт Петр Кушнарев уонна Баһылай Никифоров (Күлүмнүүр) биэрбиттэрэ[7].
  • 1908SOS алдьархай буолуутун туһунан аан дойду билиммит биллэриитэ буолбут.
  • 1916Аан дойду бастакы сэриитэ: Сомма кыргыһыытын бастакы күнүгэр Британия 19 000 саллаата өлбүт, 40 000 бааһырбыт. Бу Сомма өрүс кытылыгар биир өттүттэн Британия уонна Франция, иккис өттүттэн Германия аармыйалара 18 күн сэриилэспит кыргыһыыларыгар 3 мөлүйүөн киһи кыттыбыта, 1 мөлүйүөн киһи өлбүтэ эбэтэр эмсэҕэлээбитэ.
  • 1918 — Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах экспедиционнай этэрээт Дьокуускайы ылан Сэбиэскэй былааһы олохтообут. Үрүҥнэр куорат караулларыгар уонна Преображенскай сыаркапка хорҕойон утарыласпыттар. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 30 киһи, кыһыллартан 7 киһи өлбүт, контрреволюционнай Уобаластааҕы Сэбиэт уонна эсер этэрээттэрэ тыаҕа куоппуттар. Сотору кыһыллар куорат баайдарыгар контрибуция түһэрбиттэр.
  • 1921 — Арассыыйа Уһук Илинин бассабыыктарын көмөтүнэн Чэнь Дусю уонна Ли Дачжао диэн дьон Кытай хомуньуус баартыйатын олохтообуттар.
  • 1939Саха сирин суруйааччыларын I сийиэстэрэ саҕаламмыт. 5 хонук мунньахтаабыттар.
  • 1948 — Түөрт хонук үлэлээн баран Саха сирин суруйааччыларын II сийиэстэрэ түмүктэммит.
  • 1968 — Атомнай сэрии сэбин тарҕаппат буоларга дуогабар түһэрсиллибит. Вашингтоҥҥа, Лондоҥҥа уонна Москубаҕа мустубут 62 дойду бэрэстэбиитэллэрэ илии баттаабыттар.
  • 1968 — Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт, Сунтаар Тойбохойугар үйэтин тухары үлэлээбит аатырбыт учууталга Георгий Бессоновка (18.08.1915 — 04.10.2005) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ытык аат иҥэриллибит.
  • 1991Тымныы сэриигэ Европаҕа НАТО блогун утары тэриллибит Варшава Дуогабарын тэрилтэтэ суох буолбут.
  • 2008Монголияҕа быыбар түмүгүн итэҕэйбэккэ айдаан саҕаламмыт. Ол түмүгэр бэрэсидьиэн Намбарын Энхбаяр дойду устуоруйатыгар бастакы ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньатын киллэрбит, түөрт хонук буолан баран аймалҕан тохтообут. Сорох кэтээн көрөөччүлэр аймалҕаны баайдар уонна дьадаҥылар ыккардыларыгар арыт аһара улааппытынан быһаарбыттара, сорохтор — быыбар хаамыытын сиһилии кэпсээбэтэхтэн өйдөөбөт быһыы-майгы тахсыбытын бэлиэтэбиттэрэ.
  • 2009Арассыыйаҕа сүүйсүүлээх оонньуулары боппуттар.
  • 2013Хорватия Европа Сойууһун 28-с чилиэнэ буолбут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1242Чаҕатай хаан, монгол баһылыга (1183 төр.). Чыҥыс Хаан уонна Бөртө иккис уоллара. Орто Азия билиҥҥи 5 судаарыстыбатын сирдэрин салайбыта.
  • 1977 — Виктор Тихонов (21.12.1908 төр.) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
  • 2021Муттуххай Бороҥ — суруйааччы, бэйиэт, суруналыыс, Үөһээ Бүлүү улууһун "Үөдүгэй нэһилиэгэ" муниципальнай тэриллии баһылыга.
  1. Олег Сидоров, "От ыйын 1 күнэ": Сахатытыы манифеһа. Чолбон, 2020-8, 77-78 сир.
  2. События. Тургутулунна 1 Кулун тутар 2021.
  3. В России отмечают День реставратора. Тургутулунна 1 Кулун тутар 2021.
  4. Всероссийский День реставратора в Музее под открытым небом (ru-RU) (1 От ыйын 2020). Тургутулунна 1 Кулун тутар 2021.
  5. День работника прокуратуры Армении — 1 июля. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010
  6. День налогового работника Кыргызстана.
  7. Н.Е. Афанасьев. О дореволюционных газетах, в которых я принимал участие. — Рукописный фонд ЯФ СО АН СССР. Отдел истории, оп. 40, д. 1. — С. 1 — 2