Type a search term to find related articles by LIMS subject matter experts gathered from the most trusted and dynamic collaboration tools in the laboratory informatics industry.
Көрүҥэ | Аһаҕас тэрилтэ |
---|---|
Тэриллибитэ | 1976 |
Штаб-квартира | АХШ: Купертино, штат Калифорния |
Тутаах дьоно | Стив Джобс (төрүттээбитэ) Тим Кук (бэрэсидьиэнэ) |
Индустрията | Электроника, информационнай технологиялар |
Оҥоһуулара | MacBook, MacBook Pro, iPad, iMac, iPhone, iPod, Apple TV, Apple Watch |
Барыhа | ↑ $1,044 трлн (2018)[1] |
Үлэhиттэрэ | ↑ 116000 (2016)[2] |
Уэбсайта | apple.com |
Apple Inc. (нууч. Эпл) — Америка Холбоһуктаах Штааттарын корпорацията, персональнай уонна планшетнай компьютердары, смартфоннары, портативнай плеердары, чаһыылары уонна программалары оҥорон таһаарар тэрилтэ. Компьютердар оҥоруутун бастыҥа.[3]
Үчүгэй дизайн уонна инновационнай технологиялары туттарын иһин индустриятыгар дэҥҥэ көстөр репутацияны ылбыта, уонна дьон сөбүлүүр оҥуһүтары ылбыта.[4] 2018 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр саамай ыарахан сыаналаах хампаанньа буолбута – $1,044 трлн.[5]
2018 сылга 500 саамай ордук үлэ биэрэр тэрилтэриттэн үһүс миэстэни ылбыта (Forbes).[6]
Fortuna 500 уонна Nasdaq компонеҥҥа холбонор.
Тэрилтэ аата (ааҥл. Apple, нууч. Эпл) дьаабылакаттан тахсыбыта, уонна логотипыгар эмиэ яблоко туттулубута.
2007 сыл тохсунньу 9 күнүгэр дылы хампааньа официальнай аата "Apple Computer, Inc." диэн этэ. Бу күнтэн компьютер диэн тылын ылан кэбиспиттэрэ, тоҕо диэн компьютертан ураты атын электрониканы оҥорор этилэр.
Тэрилтэни Стив Джобс, Рональд Уэйн уонна Стив Возняк Калифорнияҕа тэрийбиттэрэ. "MOS Technology 6502" диэн процессор олоҕугар бастакы персональнай компьютердарын 1970-с сыллар ортолоругар оҥорбуттара. Хас да уон компьютер атыылаан баран, эдэр урбаанньыттар үбүнэн хааччыйыы ылбыттара уонна 1976 сыл муус устар 1 күнүгэр тэрилтэрэлигэр официальнай Apple Computer, Inc. аат биэрбиттэрэ.[8].