Тохсунньу 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 9-с күнэ. Сыл бүтүө 356 күн (ордук хонуктаах сылга 357 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
Ииндийэ Ииндийэ — Дойду таһыгар олорор индиецтэр күннэрэ
Панаама Панаама — Өлбүттэри кэриэстир күн (исп. Día de los Mártires ), 1964 сыллаахха АХШ сэриилэрин утары буолбут устудьуоннар долгуйууларын кэмигэр полиция демонстрааннары ытыалаабыта.
Серб Өрөспүүбүлүкэтэ Серб Өрөспүүбүлүкэтэ — Өрөспүүбүлүкэ күнэ. 1992 сыллаахха Босния уонна Герцеговина сербтэрин конституционнай ассамблеята сербтэр олорор сирдэрин туспа өрөспүүбүлүкэ оҥорор туһунан декларация ылыммыт күнүн бэлиэтииллэр. Бу бырааһынньыгы Босния уонна Герцеговина суута 2015 сыллаахха Конституцияҕа сөп түбэспэт диэн билиммитэ, ол эрээри автономиялаах өрөспүүбүлүкэ син биир киэҥник бэлиэтиир.
Түбэлтэлэр
1127 — Чжурчженнэр Хотугу Кытайга баар ол саҕанааҕы аан дойду саамай улахан куоратын Бяньцзини (Кайфэн) сэриилээн ылбыттар уонна талаабыттар. Хотугу Сун судаарыстыбата суох буолбут, бүтэһик императоры чжурчженнэр бэйэлэрин дойдуларыгар хоту көскө ыыппыттар.
1634 — Сахалар Өлүөнэ остуруогун төгүрүйбүттэр , олунньу 28 күнүгэр дылы оннук олорон баран бороҕоннор уонна хаҥаластар тыл тылларыгар киирсибэккэ баран хаалбыттар.
1792 — Арассыыйа уонна Осмаан импиэрийэлэрин ыккардыгар Яссытааҕы эйэ сөбүлэҥэр илии баттаммыт.
1799 — Улуу Британияҕа аан дойдуга бастакынан дохуот кээмэйиттэн ааҕыллар нолуок (подоходнай ) киллэриллибит.
1906 — Арассыыйаҕа 1905-1907 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ буола турдаҕына Василий Никифоров - Күлүмнүүр тэрийбит Сахалар сойуустарын чилиэннэрэ икки сүүстэн тахса буолан Дьокуускай Думатыгар кэлэн, заседание буола турдаҕына дьиэҕэ киирэн дьокутааттары үлэлээн бүтэллэригэр модьуйбуттар. Кинилэр сүрүн этиилэрэ – Саха омуга Сахатын сирин бас билиэхтээх уонна бэйэтин салайыныахтаах диэни туруорсуу. Дьокутааттар “саҥа састаап талыллыар диэри үлэбитин тохтотобут” диэн үлэлэрин тохтоторго күһэллибиттэр. Губернатор Виктор Булатов өлөрдүү уолуйан Петербурга “инородецтар бас баттах баран эрэллэр, суһаллык 200 киһилээх уонна пулеметтаах этэрээти ыыта охсуҥ” диэн дакылааттаабыт. Сотору кэминэн Сахалар сойуустарын Киин Кэмитиэтин чилиэннэрэ кистэлэҥинэн хаайыллыбыттара, онтон бэйэни салайыныы туһугар хамсааһын 1917 сыллаахха дылы уостубута.
1919 — Гражданскай сэриигэ Арассыыйа соҕуруу өттүгэр сэриилэһэр үрүҥнэр Добровольческай аармыйаларын «хара барон» Петр Врангель баһылаабыт.
1930 — Саха сирин улуустара билиҥҥи кыраныыссаларынан тэриллибиттэр. Онон сорох улуустар төрүттэммит күннэрин-дьылларын мантан ааҕаллар. Ол курдук Бүлүү , Мэҥэдьэк , Өлүөхүмэ , Сунтаар уонна Уус-Алдан оройуоннара тэриллибиттэр.
1958 — ССРС совмина Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университеты арыйар туһунан уураах таһаарбыт.
1992 — Астрономнар устуоруйаҕа бастакынан Күнтэн атын сулус таһыгар планеталары булбуттар.
1996 — Бастакы Чэчиэн сэриитин кэмигэр чэчиэн боевиктара аттынааҕы Дагестан өрөспүүбүлүкэтин куоратыгар Кизлярга саба түспүттэр, балыыһаҕа тыһыынчанан киһини толук ылбыттар.
2007 — Сан-Францискоҕа Macworld презентациятыгар Apple хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Стив Джобс бастакы iPhone -у көрдөрбүт.
2023 — Икки киһи Дьокуускайга хаһаах Сэмэн Дежнев мэҥэтин муннун эрбээн кэбиспиттэр, 870 тыһ. солк. хоромньуну аҕалбыттар[ 1] . Буруйдаахтар тутуллан сууттаммыттар уонна 250 уонна 150 чаас күһэлэҥ үлэҕэ ууруллубуттар.
Төрөөбүттэр
1908 — Симона де Бовуар — Франция суруйааччыта, бөлүһүөгэ, феминизм идеологиятын төрүттээччитэ.
1909 — Юрий Шафер — Дьокуускайдааҕы Космофизическэй чинчийии уонна аэрономия институтун төрүттээбит физика-математика билимин дуоктара, ССРС билимҥэ уонна техникаҕа Государственнай бириэмийэтин лауреата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кытыылааҕа.
1939 — Иван Романов — Саха сирин устуоруйатын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
↑ В якнете возмутились сумме ущерба за нос памятника Дежневу в Якутске Подробности: https://sakhaday.ru/news/v-yaknete-vozmutilis-susmme-ushcherba-za-nos-pamyatnika-dezhnevu-v-yakutske?from=copy