От ыйын 27 диэн Григориан халандаарыгар сыл 208-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 209-c күнэ). Сыл бүтүө 157 күн баар.
Бэлиэ күннэр
Вьетнам Вьетнам — Муҥу көрбүттэр уонна эчэйбит саллааттар күннэрэ.
Хотугу Кэриэйэ Хотугу Кэриэйэ — Аҕа дойдуну босхолуур сэриигэ Кыайыы күнэ.
Финляндия Финляндия — Уук (уулаах, утуйарын сөбүлүүр) киһи күнэ. Орто үйэлэргэ үөскээбит үһүйээнтэн сылтаан Финляндияҕа бэлиэтэнэр. Ол үһүйээн кэпсииринэн 7 уолу Эфес куоракка тыыннаахтыы хайа хаспаҕар хаайбыттара 200 сыл утуйбуттар. Билигин Финляндия Наантали куоратыгар куоракка саамай элбэх үтүөнү оҥорбут киһини бу күн ууга быраҕан сөтүөлэтэллэр, "уһугуннараллар".
Пуэрто Рико Пуэрто Рико — Быраас Хосе Селсо Барбоза төрөөбүт күнэ[ 1] . Хосе Селсо Барбоза (1857–1921) Пуэрто-Рико судаарыстыбаннаһын олохтообут киһи, дойду бастакы анал үөрэхтээх бырааһа, социолог, бэлиитик.
Түбэлтэлэр
1147 — Москуба төрүттэммит. Бу туһунан «Даниил Суздальскайы өлөрүү уонна Москуба саҕаланыытын туһунан сэһэн» (нууч. Сказание об убиении Даниила Суздальского и начале Москвы ) кэпсиир.
1299 — Эдвард Гиббон суруйбутунан, Осмаан I Никомедия сиригэр кимэн киирбит, үксүгэр бу күнү Осмаан Импиэрийэтэ төрүттэммит күнүнэн ааҕаллар.
1586 — Англия байҕалынан устааччыта Уолтер Рэли Британияҕа аан бастаан табаҕы аҕалбыт.
1741 — Нуучча чинчийээччитин Алексей Чириков хараабыла (Витус Беринг эспэдииссийэтиттэн) аан бастакынан Хотугулуу-Арҕаа Америка арыыларыгар тиксибит.
1794 — Парижка 9-с термидорга буолбутунан биллэр переворот буолбут. Бу кэнниттэн Улуу Француз өрөбөлүүссүйэтэ кэхтэн барбыт.
1866 — Атлантиканы туоруур бастакы телеграф хаабылын Ирландияттан Ньюфаундлэнд арыытыгар диэри (билиҥҥитэ Канаада сирэ) тарпыттар.
1907 — Кэмпэндээйи тууһун үөрэтэр сыаллаах Петр Драверт уонна П. Оленин Дьокуускайтан Сунтаарга эспэдииссийэҕэ аттаммыттар.
1921 — Фредерик Бантинг баһылыктаах Торонто Университетын чинчийээччилэрэ инсулин гормон хааҥҥа саахар таһымын хонтуруоллуурун дакаастаабыттар.
1929 — билиэннэйдэр тустарынан Женеватааҕы конвенцияҕа 53 дойду илии баттаабыт.
1934 — Верхнеудинскай куоратын аата Улан-Удэ диэҥҥэ уларытыллыбыт.
1953 — Пханмунджомҥа Кэриэйэ сэриитин түмүктүүр быстах тупсуу уонна демилитаризованнай зона тэрийии тустарынан сөбүлэҥи Хотугу Кэриэйэ уонна АХШ түһэрсибиттэр.
1965 — АХШ -ка табах хаатыгар табахтыыр доруобуйаҕа буортутун туһунан сэрэтии баар буолуохтааҕын туһунан сокуон тахсыбыт.
1980 — Андрей Сахаров ССКП КК генеральнай сэкиритээригэр Брежневкэ аһаҕас сурук суруйбут: «Афганистааҥҥа сэрии сэттэ ый тухары барда. Тыһыынчанан сэбиэскэй дьон уонна уонунан тыһыынчанан Афганистаан дьоно, сүнньүнэн эйэлээх дьон, өллүлэр уонна инбэлиит буоллулар. Мөлүйүөнтэн тахса афганец олорбут сириттэн тэскилээтэ. ССРС иһигэр дойдуну дьадатар сверхмилитаризация бүрүүкээтэ, репрессиялыыр уорганнар кутталлаахтык күүһүрдүлэр». Сурук хоруйа суох хаалбыта.
1988 — АХШ кылаабынай бырааһа эмис буолууну дойду бүттүүнүн кыһалҕатынан биллэрбит.
1990
Белоруссия Үрдүкү Сэбиэтэ Судаарыстыба тутулуга суох буолуутун туһунан декларация ылыммыт.
Молдавия түмэнэ Гагаузия автономиятын тохтоппут.
1994 — Индия түмэнэ төрүү илик оҕо уолун-кыыһын быһаарар тургутуктары боппут.
Төрөөбүттэр
1910 — Петр Барашков (21.03.1990 өлб.) — саха тылын фонетикатын уонна түөлбэ тылын чинчийбит учуонай, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
1911 — Владимир Колбунов (1998 өлб.) — Саха Сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, разведчик, Мирнэй куоратын Ытык киһитэ.
1948 — Владимир Лиханов (27.07.2003 өлб.) — филология билимин хандьыдаата, саха тылын лексикографиятын уонна лексикологиятын чинчийбит учуонай.
1959 — Тамара Самсонова — саха литэрэтиирэтин чинчийээччи, Күндэ айар үлэтигэр бөдөҥ үлэлээх учуонай, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
1841 — нуучча бэйиэтэ Михаил Лермонтов дуэльга өлбүт.
1960 — Михаил Носов (1887 төр.) — Саха норуодунай худуоһунньуга. Живописец уонна график, этнограф быһыытынан былыргы саха материальнай култууратын уонна прикладной ускуустубатын чинчийиигэ уонна хомуйууга сүҥкэн оруоллаах.
2003 — Владимир Лиханов (27.07.1948 төр.) — филология билимин хандьыдаата, саха тылын лексикографиятын уонна лексикологиятын чинчийбит учуонай.
↑ Официальные праздники и выходные дни в Пуэрто-Рико / Travel.Ru / Страны / Пуэрто-Рико