Knowledge Base Wiki

Search for LIMS content across all our Wiki Knowledge Bases.

Type a search term to find related articles by LIMS subject matter experts gathered from the most trusted and dynamic collaboration tools in the laboratory informatics industry.

Сигэни уларыт

Балаҕан ыйын 21 диэн Григориан халандаарыгар сыл 264-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 265-c күнэ). Сыл бүтүө 101 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • ХНТ ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы эйэ күнэ
  • Дойдулар ардыларынааҕы Альцгеймер ыарыытын туһунан информация тарҕатыы күнэ
  • Армения Армения — Тутулуга суох буолуу күнэ (1991, Сэбиэскэй Сойуустан)
  • Белиз Белиз — Тутулуга суох буолуу күнэ (1981, Британияттан)
  • Боливия Боливия — Устудьуон күнэ
  • Бразилия Бразилия — Мас олордуу күнэ
  • Гана Гана — Олохтооччулар күннэрэ. Гаана тутулуга суох буолуутугар сүдү кылааты киллэрбит алта киһини ахталлар, олортон биирдэстэрин — Гаана бастакы бэрэсидьиэнин Кваме Нкрума — төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. Ону таһынан бүгүн Гаанаҕа Волонтер күнэ
  • Мальта Мальта — Тутулуга суох буолуу күнэ (1964, Британияттан)
  • Польша Польша — Таможня сулууспатын күнэ
  • Арассыыйа Арассыыйа — Арассыыйа байыаннай килбиэнин күнэ. Куликово хонуутугар кыргыһыыга кыайыы күнэ (1380 сыл). Арассыыйа судаарыстыбаннаһа төрүттэммит күнэ (862 сыл)
  • Арассыыйа Арассыыйа — Коллекционер күнэ

Түбэлтэлэр

  • 862 — Новгород олохтоохторо бэйэлэригэр кинээһинэн Рюрик, Синеус уонна Трувор диэн варягтары ыҥырбыттар.
  • 1217Вильянди аттынааҕы кыргыһыы. Ливон уордьанын аармыйата эстар аармыйаларын (билиҥҥи эстонецтар өбүгэлэрэ) кыайбыт. Христианизация түргэтээбит.
  • 1799Александр Суворов хамаандалаах нуучча уонна Австрия сэриилэрэ Швейцария Альпаларын туорааһыннара саҕаламмыт.
  • 1857Ииндийэтээҕи өрө турууну хам баттааһын кэмигэр Улуу Британия сэриилэрэ Делини штурмалаан ылбыттар. Уруккута Ииндийэни бас билэн олорбут Улуу Моҕол импиэрийэтэ ыһыллыбыт.
  • 1878Дьокуускайга бастакы паарынан хамсыыр «Лена» борохуот кэлбит.
  • 1860Опиум иккис сэриитин кэмигэр Балицяо күргэтин аттынааҕы быһаарыылаах кыргыһыы буолбут. Кыайбыт англичааннар уонна французтар Пекиҥҥэ киирбиттэрэ.
  • 1898Кытайга огдообо императрица Цыси переворот оҥорон былааһы бэйэтигэр ылбыт. Кини 1908 сыллаахха диэри Кытайы салайан олорбута.
  • 1993Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Үрдүкү Сэбиэти ыһар туһунан ыйаах таһаарбыт. Ол кэнниттэн Үрдүкү Сэбиэт бэйэтэ бэрэсидьиэни солотуттан устубут. Бу былаас былдьаһыытыгар улахан миитиҥнэр буолбуттара, Москубаҕа тааҥкалардаах аармыйа киллэриллибитэ, тааҥкалар Үрүҥ дьиэни ытыалаабыттара.
  • 1996АХШ Конгреһа Дьиэ кэргэни харыстааһын туһунан сокуон ылыммыт. Бу сокуоҥҥа эр киһи уонна дьахтар холбоһуулара эрэ дьиэ кэргэн диэн буолара этиллибитэ. Ол эрэн кэлин АХШ Үрдүкү Суута сокуону сүрүннээн көтүрбүтэ.
  • 2003Юпитеры чинчийбит Галилео хараабыл үлэтин тохтоппут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр