Knowledge Base Wiki
Search for LIMS content across all our Wiki Knowledge Bases.
Type a search term to find related articles by LIMS subject matter experts gathered from the most trusted and dynamic collaboration tools in the laboratory informatics industry.
1903 сыл.
Туох буолбута
Ыам ыйын 29 — Петербурга Неваны туоруур Троицкай муоста (сэбиэскэй кэмҥэ Кировскай) аһыллыбыт.
Бэс ыйын 16 — «Пепси-кола» диэн аат бэлиэтэммит, «The Ford Motor Company» олохтоммут, Руаль Амундсен Арктикаҕа бастакы эспэдииссийэтэ саҕаламмыт.
Ахсынньы 17 — АХШ -ка ини-бии Райттар аан бастакыннан салгыннааҕар ыарахан аалы көтүппүттэр. Көтүү ырааҕа — 37 м, көппүт кэмин уһуна — 12 сөкүүндэ.
Ахсынньы 25 — Илин Сибииргэ көскө сылдьан «Искра» хаһыаты тарҕаппытын иһин өрөбөлүссүйэниэр Иван Бабушкины өссө ыраатыннаран Дьокуускайга аҕалбыттар. Салгыы Үөһээ Дьааҥы уокуругар утаарбыттар. Онно 1905 сыллаахха амньыыстыйа биллэриллиэр диэри олорбута.
Төрөөбүттэр
Никулин Гавриил Федорович (1903—1967), олоҥхоһут.
Тохсунньу 18 — Джон фон Нейман — дьэбириэй төрүттээх Венгрия -Америка математига, квантовай физикаҕа, квантовай логикаҕа, функциональнай анализка, теория множеств, информатикаҕа, экономияҕа уонна да атын үөрэххэ, улахан кылаан оҥорбут киһи.
Тохсунньу 21 — Игорь Курчатов — физик-ядерщик, академик, сэбиэскэй атомнай бомба «аҕата».
Кулун тутар 3 — Анна Неустроева — саха дьахталларыттан ССРС суруйааччыларын Сойууһун бастакы чилиэнэ, оҕо суруйааччыта, фольклору хомуйааччы.
Ахсынньы 3 — Егоров Николай Васильевич , РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
Ахсынньы 24 — Саввин Степан Афанасьевич-Күн Дьирибинэ (22.04.1970 өлб.) — саха биллиилээх бэйиэтэ, үгэһитэ, тылбаасчыт. Эдэр сылдьан Гражданскай сэриигэ саа-саадах тутан көхтөөхтүк кыттан сэбиэскэй былааһы көмүскэспитэ. Тулагы_Киллэм, Амма кыргыһыыларын кыттыылааҕа.
Өлбүттэр